AI ChatbetaAccount
Улус.Медиа | Новости Якутии

Who mentions Улус.Медиа | Новости Якутии

Mentioned or reposted by

Latest mentions

  1. 01
    Views18
    Forwards—
    Reactions3
    Comments—
  2. 02

    Дартс көрүҥэр Илин эҥэр улуустарга бастаатыбыт 🎯 Дартс көрүҥэр “Илин Эҥэр – 2026” куубага сэтинньи 21 күнүгэр Уус Алдан улууһун Майаҕас нэһилиэгэр үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытылынна. Бу күн Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Томпо уонна Уус Алдан улуустарыттан дартс көрүҥүнэн сөбүлээн дьарыктанар сүүсчэкэ спортсмен мустан, олохтоохторго успуорт дьоро күнүн бэлэхтээтилэр. 🎯 Күүстээх киирсиилэр түмүктэринэн 99 очукуолаах Чурапчы хамаандата үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Иккис миэстэҕэ 108 очукуолаах олохтоохтор хамаандалара таҕыста. Мэҥэ Хаҥалас хамаандата 133 очукуонан кыайыы чыпчаалыгар тахсан, куубак хаһаайынынан буолла. 🎯 Улууспут хамаандатыттан ситиһиилээхтик кыттыбыт спотсменнарынан буоллулар: дьахталларга 40 киилэҕэ диэри Ульяна Назарова кыһыл көмүс, Анна Баишева үрүҥ көмүс, 41-49 саастаахтарга Надежда Афанасьева үрүҥ көмүс, Ольга Назарова боруонса, 50-59 саастаахтарга Стелла Яковлева кыһыл көмүс, Елена Иванова үрүҥ көмүс, Людмила Кычкина уонна Людмила Слепцова боруонса, 60-тан үөһээ саастаахтарга Александра Морозова кыһыл көмүс мэтээллэр хаһаайыннарынан буоллулар. 🎯 Эр дьоҥҥо 30 саастарыгар диэри Павел Андросов кыһыл көмүс, Айсен Васильев боруонса, 31-39 саастаахтарга Александр Николаев кыһыл көмүс, Алексей Рассолов, Василий Федоров боруонса, 40-49 саастаахтарга Иван Баишев кыһыл көмүс, Михаил Баишев боруонса, 50-59 саастаахтарга Егор Свинобоев кыһыл көмүс, Александр Катакинов боруонса, 60-тан үөһээ саастаахтарга Тимофей Кононов кыһыл көмүс, Семен Иванов үрүҥ көмүс мэтээллэри хааччыннылар. 🎯 Бу туһунан дартс улуустааҕы федерациятын бэрэссэдээтэлэ, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Т.Г.Десяткин аатынан Тумул оскуолатын дириэктэрэ Владислав Кисиляхов үөрүүлээх сонунун үллэстэригэр көрдөстүм. Сиһилии ⬅️ 📲 «Эркээйи» в MAX: https://max.ru/channel_Erkeii @gazetaerkeii @ulusmedia

    Videomentioned
    Views60
    Forwards—
    Reactions4
    Comments—
  3. 03

    Гаврильевтар дьиэ кэргэн: “Оҕолорбутун, сиэннэрбитин үлэнэн иитэбит” 🐄 Саха норуота хороҕор муостаах, үрүҥ илгэлээх ынаҕы иитэн олоҕун уйгулаабыта, кэлэрин кэскиллээбитэ. Бу дириҥ силистээх-мутуктаах төрүт дьарыкпытын күн бүгүҥҥэ диэри салҕыырбыт норуот быһыытынан уһун үйэлэнэрбитигэр, өбүгэбит үгэһин утумнуурбутугар олук буолар. 🪖 Төҥүлү нэһилиэгин элбэх оҕолоох ыала Аркадий Николаевич уонна Прасковья Егоровна Гаврильевтар ыраас эттээх, үүттээх төрүт аска кэнчээри ыччат чэгиэн туруктаах буола үүнэн-сайдан тахсарын бэлиэтииллэр. Ыал аҕата Аркадий Николаевич судаарыстыба анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Агромотиватор» гранынан үбүнэн өйөбүл ылан аныгылыы быһыылаах, киэҥ-куоҥ хотону туттубут.  Үлэни өрө туппут дьиэ кэргэни кытта тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар үлэлэрин, олохторун туһунан сэһэргэстибит. 🧑‍🧑‍🧒‍🧒 Оҕолорбутун үлэнэн иитэбит • Сүрэхпитин холбоон ыал буолбуппут номнуо 40 кэриҥэ сыл буолла. Ол тухары өрүү кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт, бэйэ этинэн, үүтүнэн оҕолорбутун, сиэннэрбитин иитэ, аһата олоробут. Хаһаайыстыбабытыгар 10-тан тахса сүөһүлээхпит. Үүппүтүн Иван Максимов салайааччылаах «Хоту» кэпэрэтиипкэ туттарабыт. Быйыл 3 ыанар ынахтан былааммытын куоһаран 5-6 туонна үүтү туттардыбыт, инники сылларга 5 ынахтан 10 туоннаны туттарарбыт. Олохтоох кэпэрэтиип олус таһаарыылаахтык үлэлиир, үүт харчытын хойутаппакка өрүү кэмигэр төлүүллэр. Итиэннэ хаһаайыстыбалары кэрийэн анал тиэхиньикэнэн үүтү туталлара дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалаах. Быйыл анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр бырагыраамаҕа киирэн, судаарыстыбаттан үбүнэн өйөбүл ылан 10*7 иэннээх хотону тутуннубут. Сиһилии ⬅️ 📲 «Эркээйи» в MAX: https://max.ru/channel_Erkeii @gazetaerkeii @ulusmedia

    Videomentioned
    Views116
    Forwards—
    Reactions6
    Comments—
  4. 04

    Футболистарбыт – Ыччат куубагын хаһаайыннара 🏆 Дьокуускай куоракка «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар сэтинньи 13-15 күннэригэр саалаҕа футболга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Успуорка министиэристибэтэ тэрийэр «Ыччат куубага» ыытылынна. ⚽️ Быйылгы Куубакка барыта 8 хамаанда бастыҥ аатын былдьаста. Манна муниципальнай оройуоннартан итиэннэ үрдүк, орто үөрэх кыһаларыттан 2005-2008 сыллаах төрүөх уолаттартан турар хамаандалар кыттыыны ыллылар. 🥇 Сытыы киирсиилээх оонньуу түмүгүнэн Тимофей Попов хапытааннаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Манчаары» хамаандата 2026 сыл чөмпүйүөнүнэн ааттанна! 🥈 Иккис миэстэни Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет хамаандата, 🥉 үсүһү Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж футболистара ыллылар. ⚽️ Улууспут аатын ааттаппыт хамаанда састаабыгар Алексей Захаров (Табаҕа), Иван Шестаков (Майа), Тимофей Попов, Вячеслав Габышев, Родион Петров, Антон Попов, Геннадий Владимиров (Павловскай), Петр Власов (Тумул), Павел Степанов (Мэлдьэхси), Алексей Ларионов, Кэскил Терентьев (Лоомтука) оонньоотулар. ⚽️ Уолаттарбытыгар туйгун оонньууларын иһин анал ааттары иҥэрдилэр: «Бастыҥ вратарь» — Слава Габышев, «Бастыҥ бомбардир» — Алексей Захаров, «Бастыҥ оонньооччу» — Алексей Захаров буоллулар. «Бастыҥ көмүскээччи» аатын ХИФУ хамаандатыттан мэҥэттэн төрүттээх Айкар Мучин,  «Бастыҥ саба түһээччи» ЯПК-тан Яков Соломатин ыллылар. ⚽️ Андрей Слепцов тириэньэрдээх улууспут «Манчаары» хамаандатын дьоһун ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит! 📲 «Эркээйи» в MAX: https://max.ru/channel_Erkeii @gazetaerkeii @ulusmedia

    Videomentioned
    Views127
    Forwards—
    Reactions6
    Comments—
  5. 05
    Views71
    Forwards—
    Reactions—
    Comments—
  6. 06
    Views92
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  7. 07
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,
    Views200
    Forwards—
    Reactions2
    Comments—
  8. 08
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,
    Views158
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  9. 09

    Мэлдьэхси оскуолатыгар «Сказка-Остуоруйа» үҥкүү куонкуруһа төрдүс төгүлүн ыытылынна 🪟 А.В.Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар остуоруйа матыыптаах «Сказка-остуоруйа» үҥкүү күрэһэ ыытыллынна. 👸 Сылын ахсын оскуолабыт «Тэлээрис» үҥкүү бөлөҕүн салайааччыта, хореограба Мария Дмитриевна тэрийэн ыытар. Быйылгы күрэс «Кэрэли» улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһинин киинэ тэриллибитэ 25 сылыгар ананна. ❄️ Бу күн Хорообуттааҕы кустовой мэтэдиичэскэй холбоһук эбии үөрэхтээһинин быыстапката, оҕолор, эбии үөрэхтээһин педагогтарын үлэлэрэ, айар талааннаах кэлэктииптэр ситиһиилэрэ дьон көрүүтүгэр турдулар. ➰ Тэрээһин үөрүүлээх чааһын оскуолабыт дириэктэрэ Кирилл Дмитриевич Титов, эбии үөрэхтээһин педагогтара Любовь Анатольевна Жиркова, Евдокия Михайловна Никифорова уонна Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатынан Баатара орто оскуолатын «Күнчээн» үҥкүү кэлэктиибэ эҕэрдэ тылларынан, үҥкүүлэринэн арыйдылар. Сиһилии ⬅️ 📲 «Эркээйи» в MAX: https://max.ru/channel_Erkeii @gazetaerkeii @ulusmedia

    Photomentioned
    Views171
    Forwards—
    Reactions9
    Comments—
  10. 10
    YktRePublicYktRePublic@yktrepublic,

    ⏺ Кремлевские встречи: презентовано новое произведение Николая Кривошапкина 🌟 Вчера внимание всей России было приковано к Кремлю: здесь, в самом сердце великой державы, прошел традиционный праздничный вечер заслуженного артиста страны Ярослава Дронова - SHAMAN, приуроченный к дню его юбилея — 35-летию. 🎤 Уникальный самородок, чей талант давно вышел за рамки музыкальной сцены и стал частью патриотической культуры эпохи, ежегодно собирает вокруг себя известных общественных деятелей, представителей власти, творческой интеллигенции и искусства. 🪶 И в этот исторический день во всех официальных социальных сетях артиста состоялась презентация нового произведения якутского автора Николая Кривошапкина — «Все лучшее – с тобой». Философское видение, навеянное лирическим героем SHAMAN, стало своеобразным посвящением образу Ярослава Дронова и тем ценностям, которые объединяют его современников. Подробнее ↩️ @ulusmedia 📲 Читайте нас в MAX

    Photomentionedreposted
    Views232
    Forwards—
    Reactions16
    Comments—
  11. 11

    ⏺ Кремлевские встречи: презентовано новое произведение Николая Кривошапкина 🌟 Вчера внимание всей России было приковано к Кремлю: здесь, в самом сердце великой державы, прошел традиционный праздничный вечер заслуженного артиста страны Ярослава Дронова - SHAMAN, приуроченный к дню его юбилея — 35-летию. 🎤 Уникальный самородок, чей талант давно вышел за рамки музыкальной сцены и стал частью патриотической культуры эпохи, ежегодно собирает вокруг себя известных общественных деятелей, представителей власти, творческой интеллигенции и искусства. 🪶 И в этот исторический день во всех официальных социальных сетях артиста состоялась презентация нового произведения якутского автора Николая Кривошапкина — «Все лучшее – с тобой». Философское видение, навеянное лирическим героем SHAMAN, стало своеобразным посвящением образу Ярослава Дронова и тем ценностям, которые объединяют его современников. Подробнее ↩️ @ulusmedia 📲 Читайте нас в MAX

    Photomentionedreposted
    Views2.51K
    Forwards—
    Reactions135
    Comments—
  12. 12
    Views85
    Forwards—
    Reactions—
    Comments—
  13. 13
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,
    Views145
    Forwards—
    Reactions2
    Comments—
  14. 14
    Views140
    Forwards—
    Reactions3
    Comments—
  15. 15
    Views239
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  16. 16
    Views235
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  17. 17
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,

    #күндьыл 🌙✨☁️🌬💨❄️☃️ Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, Чурапчы улууһугар сарсыарда 6 чааска -35С, салгын баттааһына 745мм, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 1 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Дьыбар тымныы туруо, күнүһүн -30-35С онтон түүнүн -38-43С кыраадыс буолуоҕа. 🌍 Бүгүн - Эволюция уонна Моржа аан дойдутааҕы күннэрэ; 📝 Бу күн, 1859 сыллаахха Чарлз Дарвин "Көрүҥнэр үөскээһиннэрэ" диэн кинигэтин таһаарбыт; 🩸 Бу күн, 1938 сыллааха Ленинградка Япония туһатыгар үспүйүөннээһиҥҥэ сымыйанан буруйдаммыт илин тыллары чинчийэр 12 учуонай ытыллыбыт; 📯📜 Бу күн, 1956 сыллаахха ЦК КПСС уурааҕынан депортацияттан дойдуларыгар төннүбүт калмыктар, карачайдар, балкардар, чеченнэр уонна ингуштар национальнай автономиялара сөргүтүллүбүт; 🔍 Бу күн, 1974 сыллаахха Эфиопияҕа палеонтологтар Дональд Йохансон уонна Том Грей 40%-на бүтүн хаалбыт австралопитек дьардьаматын булбуттар; 🤝 Бу күн, 1990 сыллаахха Сүбэрэнитиэт биллэриллибитин кэннэ Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсөн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ саҥалыы сайдыахтаах оҥкулун оҥорбуттар; 💥 Бу күн, 2015 сыллаахха Арассыыйа Су-24 бомбардировщигын Сиирийэ уонна Туурсуйа кыраныыссаларын үрдүгэр Туурсуйа F-16C истребителэ суулларбыт; 🎂 Бу күн, туруу үлэһит, бастакы тырахтарыыс, электрик уонна рационализатор Степан Стручков, бэйиэт, тылбаасчыт Иннокентий Эртюков, ветеринария билимин дуоктара, профессор Михаил Сафронов, муосчут, педагог Константин Мамонтов күн сирин көрбүттэр. @sanaoloh #СэмэнЖендринскэй @ulusmedia

    Textmentioned
    Views160
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  18. 18
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,
    Views141
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  19. 19
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,
    Views86
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  20. 20
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,

    #бэлиэкүн 🚜🛠 Бу күн, 1913 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр бастакы комбайны, локомотивы, электрическэй мотуордаах миэлиҥсэни үлэлэппит туруу үлэһит, бастакы моторист, электрик уонна рационализатор Степан Никифорович Стручков күн сирин көрбүтэ. Кэргэнэ Татьяна Алексеевна Лыткина Чурапчы оройуонун Чаачыгыйыттан төрүттээҕэ. Айылҕаттан айдарыылаах мындыр киһи айбыт "көтөҕөр кыраанын" үгүс киһи туһаммыта. Сэрииттэн төннөн кэлбит уолаттары тыраахтар уонна комбайн ыытарга үөрэппитэ. Бастакы комбайны үлэлэппитэ, Давид Борисовтыын локомотив таҥаннар 1957 сыллаахха Дьабыылга аан маҥнай уоту биэрбиттэрэ. 60-с сылларга тэлэбиисэр маастарынан эмиэ кини буолбута. Степан Никифорович кэлин кадровай булчутунан сылдьыбыта. Стручковтар 5 оҕолонон, элбэх сиэннэнэн утумнара салҕанар. ✍ Сэмэн Жендринскэй @sanaoloh @ulusmedia

    Photomentioned
    Views67
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  21. 21
    ЧУРАПЧА Live@sanaoloh,
    Views53
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  22. 22
    Views105
    Forwards—
    Reactions4
    Comments—
  23. 23

    🛠 Киэн туттар ытык кырдьаҕаспыт 🖍 Бүгүн кэпсиир кырдьаҕаһым, Майа олохтооҕо, алтынньыга 85 сааһын үөрүүлээхтик бэлиэтээбит Анатолий Еремеевич Чичахов хомуньуус баартыйа бэриниилээх киһитэ буолар. 🟥 Анатолий Еремеевич Тараҕай нэһилиэгэр күн сирин көрбүт, Бүтэйдээх орто оскуолатын  бастакы выпускнига буолар. Оскуола саҕаттан өрүү инники сылдьар, нэһилиэк киэн туттар бастыҥ үөрэнээччитэ эбит. Саха судаарыстыбаннай университетын историческай салаатыгар үөрэнэн, устуоруйа учууталын идэтин ылбыт. Идэтинэн итиэннэ салайар үлэҕэ дьоҕурдаах буолан өр сылларга Бүтэйдээххэ, Уус Алдан Курбуһаҕар, Дьокуускайга речевой оскуолага дириэктэринэн, устуоруйа учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбит. 📝 Аны талааннаах киһи эргиччи талааннаах диэн этии эмиэ ‒ кини туһунан. 1959 с. Бүтэйдээх оскуолатын 6-с кылааһыгар үөрэнэ сылдьан бастакы хоһоонун суруйбуттаах. 🗿 Анатолий Еремеевич айылҕаттан иккис дьоҕура – мастан кыһан оҥоруу. Манна даҕаны, кини олоҕун сүрүн идеалларын Ленин, Энгельс. Маркс мөссүөннэрин бастакынан үйэтиппитэ сөхтөрөр. Оттон ону таһынан Саха сирин араас кыылларын кыһан олус бэркэ оҥортообута элбэх. 🎶 Оҕо эрдэҕиттэн олус таптаан дьарыктаммыт дьарыга – хомуска оонньооһун. 1965 с. устудьуоннуу сылдьан, “Сэргэлээх уоттара” ансаамбылга хомусчуттар бөлөхтөрүн бастыҥ солиһа этэ. 1967 с. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 50 сыллаах үбүлүөйүгэр сахалартан соҕотоҕун Москваҕа тиийэн Орбитаҕа уһуллубута. 1972 с. Москваҕа Саха литературатын күннэригэр  ыҥырыллан кыттыбыта. Хомус Уйбаан туруорсуутунан, “Мелодия” фирмаҕа кини хомуһун алыптаах дьүрүскэнин грампластинкаҕа уһултарбыта. Аатырбыт олоҥхоһут Сергей Зверев ‒ Кыыл Уола “Сарсын, сарсын сарсыарда” киинэтин Анатолий Чичахов хомуһун тыаһынан доҕуһуоллаппыттара. Сиһилии ⬅️ 📲 «Эркээйи» в MAX: https://max.ru/channel_Erkeii @gazetaerkeii @ulusmedia

    Photomentioned
    Views126
    Forwards—
    Reactions5
    Comments—
  24. 24
    Views87
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—
  25. 25
    Views348
    Forwards—
    Reactions2
    Comments—
  26. 26
    Views98
    Forwards—
    Reactions—
    Comments—
  27. 27
    Views143
    Forwards—
    Reactions4
    Comments—
  28. 28

    «Тымныы Болуоссата» бырайыакпытын бастакынан Майаҕа оҥорон туруорар буоллар… ❄️ Бүттүүн Сир үрдүгэр олорор 8 миллиардтан тахса дьон үгүс өттө итии-сылаас сирдэргэ олороллор, онтон баһыйар өттө кыһыны уонна хаары үйэлэригэр көрө иликтэр. Бу дьоҥҥо Саха сирэ дьикти сонун уонна ураты экзотика буолуоҕа. 🐂 Биһиги кэлии туризмы сөптөөхтүк тэрийиэхпитин эрэ наада. Аан дойдуттан барытыттан Саха сиригэр дьон күүлэйдии, билсиһэ кэлэллэрин туһугар, кинилэр болҕомтолорун тардарга Аар Айылҕаттан бэриллибит чысхааннаах тымныыбытын, кырыалаах кыһыммытын толору туһаныахпытын сөп. Ол иһин билигин тымныыбытын сатаан көрдөрөргө, барыстаахтык атыылыырга үөрэниэхтээхпит. Омук дьонун өрөспүүбүлүкэбитигэр угуйарбытыгар тыйыс айылҕабыт, кыыдааннаах кыһыммыт, Саха эрэ сиригэр баар икки тымныыбыт полюстара – Дьааҥы уонна Өймөкөөн сүрүн быһаарар күүс буолуохтара. Саха сирэ Аан дойдуга саамай тымныы киһи олорор сирэ. Биһиги бары билэрбит курдук, Аан дойдуга билиҥҥи кэмҥэ аҥардас туризм суотугар олорор судаарыстыбалар бааллар. Өскөтүн биһиги эмиэ итинниги тэрийдэхпитинэ, кыһынын үгүс ыалдьыттары, туристары көрсүөхпүт, үп-харчы киириэ. 💠 Киин куораппытыгар Дьокуускайга булгуччу Тымныы болуоссата баар буолуохтаах. Бу болуоссат бүтүннүүтэ хаар саарыстыбатын туһунан устуоруйа киинэтин курдук, хаартан уонна муустан оҥоһуллубут буолуохтаах. Манна хайаан даҕаны Чысхааны, Хаарчаананы сэргэ, Тымныы Оҕуһун скульптурата туруоруллуохтаах. 💠 Тымныы Оҕуспут скульптурата 3,5 — 4 миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх, умайар харахтардаах, таныытыттан паары таһаарар, улаханнык айаатыыр, инники уҥа атаҕынан хаары тарыйар буолуохтаах. Онон кыһын туман быыһыгар тымныыга Тымныы Оҕуспут бэйэтинэн кэлэн бу уһутуу-орулуу турар курдук көстүөхтээх. Уонна саамай дьиктитэ диэн, Оҕуспут муостара тостор кэмнэригэр элбэх дьон көрөн турдаҕына муостара бэйэлэрэ тостон түһүөхтээхтэр. 💠 Биир дойдулаахтарым мэҥэ хаҥаластар, бу ,,Тымныы Болуоссата» бырайыакпытын бастакынан Майабытыгар оҥорон туруорар буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Манна миигин өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин.   Анатолий Владимиров-Богослов, Бэдьимэ-Дьокуускай. Сиһилии ⬅️ @gazetaerkeii @ulusmedia

    Photomentioned
    Views174
    Forwards—
    Reactions8
    Comments—
  29. 29
    Views167
    Forwards—
    Reactions5
    Comments—
  30. 30
    Чурапчинский улус@churapchinsky,
    Views98
    Forwards—
    Reactions1
    Comments—

Channels it mentions