Улуус дьаһалтатын планеркатыгар ааспыт нэдиэлэҕэ оройуон үрдүнэн ыытыллыбыт үлэ түмүктэрин таһааран, инники үлэ былаанын ырытан ылыннылар, улууска олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба туругун, суол хаһаайыстыбатын үлэтин итиэннэ полиция отделын сводкатын, Е.А.Борисов аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Вероника Маркова салайааччыларга ааҕыы култууратын, ньымаларын билиһиннэриитин тустарынан иһиттилэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ баһылык Степан Саргыдаев тыа хаһаайыстыбатын миниистирин э.т. Анна Стручкованы көрсөн, Виктор Петров хаһаайыстыбатын баазатыгар улууска кормоцех тутуллуутун бырайыагын билиһиннэрбит. Одьулууҥҥа, Хоптоҕоҕо саҥа хотоннору үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытыллыбыт. Бу күннэргэ Тыа хаһаайыстыбатын күннэрин чэрчитинэн "Идэһэ - 2026" дьаарбаҥка үгэс курдук ыытылынна, бастыҥнар чиэстэннилэр, Олохтоох оҥорон таһаарыы сылынан наҕараадалар туттарылыннылар. Маны сэргэ Чурапчы улууһун 2027-2029 сс. бүддьүөтүн бырайыагын истиини дьон-сэргэ иннигэр билиһиннэрдилэр. Ону сэргэ Ил Дархан бирииһигэр олоҥхоһуттар куонкурустара, кэлэр сылга улуус биллэр-көстөр дьонун үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр бэлэмнэнии үлэлэр барбыттар. Степан Саргыдаев Москваҕа «Большие решения малой родины» II Бүтүн Арассыыйатааҕы форум-быыстапкаҕа "Мастерской управления" үлэтигэр кыттыбыт, федеральнай таһымҥа улуус тыын суолталаах боппуруостарын туруорсууга үлэни ыыппыт. Чурапчыга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт төгүрүк остуол баһылык солбуйааччыта Мария Кронникова салайыытынан буолла. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Чурапчы нэһилиэгин баһылыга В. Сивцев УАЗ микроавтобуһу гуманитарнай көмө быһыытынан ыыппытын иһитиннэрдилэр. Светлана, Владислав Диодоровтар сотору баралларынан тэрилтэлдр, нэһилиэктэр аһымал акцияҕа ас-таҥас хомуйан, куоракка киллэрэн, госпитальга сытар буойуттарбытыгар көмөлөһөллөрүгэр ыҥырдылар. Планеркаҕа нэһилиэктэр, тэрилтэлэр сыллааҕы отчуоту өйүүҥҥэ диэри туттаралларыгар этилиннэ. Монреальга ыытыллыбыт Олимпиадаҕа үс саха өрөгөйдөөх кыайыытын 50 сылыгар уонна көҥүл тустуу сайдыытын 70 сылыгар анаммыт тустуу 18 турнирын арыйыы сиэрэ-туома уо.д.а. үрдүк тэрээһиннээхтик ааспыттар. Саҥа нэдиэлэ былааныгар урбаанньыттар семинардара, С.А. Новгородов 135 сааһыгар анаммыт улуустааҕы олоҥхо ыһыаҕын тэрээһин боппуруостарыгар сүбэ мунньах, "Ыал саргыта" проект "Чөл куттаах" хайысхатын көрөр сүбэ мунньах, бүддьүөтү көрүүгэ улуус депутаттарын президиумун мунньаҕа, Дьокуускайга ийэ олоҥхоһуттарга Ил Дархан истипиэндьийэтин туттарыы, П.И. Борисова аатынан "Улыбка" детсад үбүлүөйэ уо.д.а.киирдилэр. Хомунаалынай хаһаайыстыба 23 таас чоҕунан оттуллар хочуолунайдарыгар сороҕор таас чоҕу таһыы кыһалҕата баарын, ол эрэн бу боппуруоһу салалта болҕомто киинигэр тутарын туһунан этилиннэ. Суол хаһаайыстыбатын боппуруоһугар планеркаҕа федеральнай уонна республикатааҕы суоллар сөптөөхтүк үлэлии туралларын, Төлөй-Чурапчы суолун өрөмүөнүн үбүлээһинигэр улуус салалтата Москваҕа "Росавто" тэрилтэтин кытта үлэлэһэрин, Чурапчы иһинэн ааһар суолга проект баарын, ол эрэн үп 2030 с. диэри суоҕун, онон билиҥҥитэ учаастактары ремоннуур өттүгэр үлэ барарын туһунан иһитиннэрдилэр. Субуотаҕа Чурапчыга "Феерия танца" күрэххэ бары тэрилтэлэр кытыннылар, уоттаах-күүстээх үҥкүү уонна ырыа ансаамбыла бу үс сыл тухары тэриллибэтэҕин ыйан туран, бу өттүгэр үлэ сөргүтүллэригэр этилиннэ.
Open in TelegramViews growthHide views growth
Views growth
Hours after publication
Show as table
| Hours after publication | Views |
|---|---|
| 0 h | 7 |
| 2 h | 40 |
| 3 h | 54 |
| 8 h | 83 |
- After 1 hour40
- After 6 hours83
- Total to date83