Posts of Нюрбинский район
Forwarded from Иннокентьев Алексей Михайлович
С Днем матери в РФ! Дорогие мамы нашего района! От имени администрации МР "Нюрбинский район" и районного Совета депутатов горячо и сердечно поздравляем вас с Днём матери в России! Быть мамой — это огромное счастье и огромный труд. Вы дарите детям свою любовь, тепло и поддержку, помогаете им делать первые шаги и преодолевать любые преграды. Мы гордимся вами — вашей мудростью, стойкостью и бесконечной добротой. Особые слова признательности — женщинам, чьи дети защищают нашу Родину. Спасибо за воспитание настоящих патриотов! От всей души желаем вам крепкого здоровья, счастья, семейного благополучия и как можно больше поводов для гордости за своих детей. Пусть каждый день будет наполнен их улыбками и вниманием! Глава МР "Нюрбинский район" А.М.ИННОКЕНТЬЕВ. Председатель Совета депутатов МР "Нюрбинский район" Н.М.МИХАЙЛОВА. https://t.me/glavanyurbainnokentev/8635
Open in TelegramБүгүн Ньурба улууһугар көрбөттөр уопсастыбалара тэриллибитэ 75 сыла үөрүүлээхтик бэлиэтэннэ. Светлана Семеновна Яковлева бэрэссэдээтэллээх улуустааҕы көрбөттөр уопсастыбалара көрбөт уонна харахтарынан мөлтөх дьоҥҥо көмөлөһөр, кинилэр интэриэстэрин туруулаһар, олохторун сэргэхситэр сыаллаах элбэх үлэни тэрийэн ыытан кэллэ. Улуус олоҕор көхтөөхтүк кытталлар, араас култуурунай, спортивнай тэрээһиннэргэ улууска уонна өрөспүүбүлүкэҕэ мэлдьи инники кэккэҕэ сылдьаллар. Кинилэр олоххо дьулуурдара уонна тапталлара, күүстээх санаалара дьоҥҥо холобур буолар. Көрбөттөр уопсастыбаларын үбүлүөйүнэн улуус, Ньурба куорат, социальнай көмүскэл управлениетын салалтата уо.д.а. истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Күндү дьоммутун үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит! Мэлдьи кытаанах санааны, тулууру уонна дьулууру, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Open in TelegramСэтинньи 28 к. Ньурба к. «Кыталык» КД-гар «Идэһэ-2026» тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн оҥорооччуларын дьаарбаҥката ыытылынна. Барыта 30-ча атыылааччы кытынна. Ол иһигэр тэриллиилээх уонна бааһынай хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар, агро-оскуолалар, астыыр-үөллүүр кэпэрэтииптэр, бэл диэтэр, Мииринэй оройуонуттан Чернышевскайдааҕы балык собуота бааллар. Дьон кыс устата сиир аһылыгын хамаҕатык атыыласта. Барыллаан ааҕыынан 2,7 мөл. солк. суумалаах ас-үөл атыыланна. Дьаарбаҥка туһунан видеоҕа көрүҥ. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Open in TelegramСэтинньи 28 к. Ньурбаҕа улуус тыатын хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктара бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн, улуус тыатын хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта-улуус баһылыгын солбуйааччыта Леонид Ушканов интервьютун таһаарабыт. СиҺилии: https://xn--90adptbcs3gya.xn--p1ai/tya-ha%d2%bbaajystybatygar-%d2%afleliir-don-di%d2%a5neeh-patriottar/
Open in Telegram