Account

Posts of Kyym.ru

newest first

#24963Video

Сэтинньи 21 күнүгэр Дьокуускай куорат "Арчы Дьиэтэ" духуобунай култуура киинигэр Баай Барыылаах Байанай ыйыгар аналлаах «Байанай киэһэтэ» тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин саха үгэһинэн "Баай Байанайга сүгүрүйүү" алгыс сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Москуба куоракка ыытыллыбыт «Клинок — традиции и современность» быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттан кэлбит саха быһаҕын уустара Альберт Захаров уонна Илья Готовцев бэйэлэрин уран оҥоһуктарын билиһиннэрдилэр, уустук үлэлэрин кистэлэҥин кэпсээтилэр. Саха гимназиятын аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта Виталий Слепцов Байанай ыйыгар аналлаах оҥоһуктарын уонна түмсүү уолаттары өбүгэ үгэһигэр иитэр, уһуйар үлэтин сиһилии сырдатта. Киэһэ устата ыалдьыттар «Булчут оонньууларыгар» көхтөөхтүк кытыннылар: кыыл-көтөр саҥатын таайыыга викторина, «Көрдөөх балыксыттар», «Ойбон алларыыта» курдук сымсаны-быһыйы тургутар күрэхтэр ыытылыннылар. Көрөөччүлэр улахан болҕомтолорун «Моторуйан дьэ, собо» диэн собону ыраастык уонна түргэнник сиэһин күрэһэ тарта. Тэрээһин биир саамай күүтүүлээх түгэнинэн «Оо, собо барахсан» муҥутуур улахан собоҕо күрэс буолла. Манна Эдьигээнтэн, Бүлүүттэн, Ньурбаттан уопсайа 9 балыксыт кыттан, бэйэлэрин бултарын билиһиннэрдилэр. Тэрээһинтэн матырыйаалы хаһыат ахсынньы 3 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.

Open in Telegram
Views534−42%vs avg
Forwards—
Reactions6
Comments—
#24962Video

Этим летом я сопровождала туристов из Якутии в Узбекистан – и эта поездка подарила мне удивительное знакомство. Я встретила Мавлюду — коммуникабельную, обаятельную девушку. Несмотря на свою молодость, она поразила меня глубиной знаний истории родного края. Но настоящий восторг и изумление я испытала, когда узнала, сколькими иностранными языками она владеет! Сегодня мы беседуем с МАВЛЮДОЙ ВАФАЕВой о её пути и любви к родному городу. “Работаю гидом уже более пяти лет. Это моя основная профессия и дело, которому я посвящаю большую часть своей жизни. Владею узбекским, таджикским, русским, китайским и английским языками. Безусловно, знание языков открывает множество возможностей, особенно в сфере туризма, где общение является одной из важнейших составляющих работы. Жизнь в Узбекистане по-своему интересна и своеобразна. У нас есть понятие большого города, и прежде всего это Ташкент. Здесь очень быстрый ритм жизни, постоянное движение, современная архитектура и динамика большого мегаполиса. А вот в Самарканде, Хиве и Бухаре создаётся совершенно другое ощущение. Будто время здесь немного замедлилось или даже остановилось. Здесь особенно чувствуются забота, гостеприимство, любовь к своему городу, его история и дух старины. Добро пожаловать, дорогие друзья, в Узбекистан! Приезжайте, открывайте для себя нашу историю, культуру, традиции и гостеприимство.” Об этом читайте в газете “КЫЫМ” 3 декабря 2026 года.

Open in Telegram
Views526−43%vs avg
Forwards—
Reactions9
Comments—
#24959Text

Forwarded from Xoмпорууна + Кистэлэҥ Күүс

КЭРЭХСЭБИЛЛЭЭХ СОНУН! Уот ситимэ суох, куйаар ситимэ (интернет) уонна төлөпүөн ситимэ да туттуллубат сиригэр  🌲🌲🌲  сахалыы ӨЙ кыаҕа (искусственнай интеллект) бүрүүкээбэккэ үлэлиирин дакаастаары, Байанай ыйын 20 күнүгэр Кэнкэмэ кэрэ айылҕатын ортотугар, «ҮҮТЭЭН» этнокомплекска, саха тылын инники кэскилигэр ураты суолталаах бэлиэ тэрээһин буолан ааста! 💻 «Айыы Сирэ» сыыппара эйгэтин төрүттээччи Власий Гаврильевич Вырдылин — Саҥарар Былаас бэйэтэ айбыт «Айыы 1.0» диэн ситимэ суох үлэлиир локальнай тыл моделын икки ноутбукка презентациялаата. Хайдах биир кыракый ноутбук иһигэр, интэриниэтэ суох биһиги төрөөбүт тылбытынан искусственнай интеллект үлэлиир гына айан оҥоруохха сөбүн мин өйүм сатаан өйдөөбөтүн билинэбин. Бу маннык дьиктини ыраах дойдуларга эрэ оҥороллор диэн саныыр дьон аҕыйаҕа суох буолуохтаахпыт. Саҥа технологияны тобулааччы — биһиги эдэр саха уолбут. Эдэр киһи өйүн кыаҕын көрүҥ! Биир киһи түүннэри-күнүстэри сыратын-бириэмэтин анаан, маннык улахан билиини, технологияны баһылаан, саҥа суолу арыйара хайдах курдук ураты ситиһииний! 🌍 Бу технология ордук биһиги Арктикабытыгар улахан суолталаах буолуон сөп! Республикабыт территорията киэҥ. Ыраах сытар, интэриниэт ситимэ суох нэһилиэктэргэ, табаһыттар уонна булчуттар олорор сирдэригэр даҕаны толору сахалыы үлэлиир өй кыаҕа тиийэр кыахтанна! Өйдөөҥ эрэ! Зарядтаах ноутбук эрэ ирдэнэр. Оҕолорбут төрөөбүт тылларын саҥа технология көмөтүнэн үөрэтиэхтэрин, билиини-көрүүнү кэҥэтиэхтэрин уонна төрүт тылларын кэскиллээхтик сайыннарыахтарын сөп. Эдэр ыччат өйө-санаата биһиги өйдөөбөт кыахтарбытын да арыйар эбит! Саха тыла — биһиги үгэспит, култуурабыт уонна өбүгэлэрбит дириҥ үөрэҕин кэлэр кэмҥэ тиэрдэр улуу баайбыт. Бүгүн төрөөбүт тылбыт саҥа үйэ технологияларын кытта алтыһан, үрдүк таһымҥа тахсарын көрүү — дьиҥнээх үөрүү! 👏 Саҥарар Былаас ЭҔЭРДЭ. 🔥 Эн СҮР-дээххин! Ситиһиилэриҥ салҕана турдуннар. Саха тылын сыыппара үйэтигэр харыстыыр уонна сайыннарар бу үлэ — улуу дьыала! Саха тыла былыргы эрэ тыл буолбатах, кини — инники кэм тыла! 🌲 Кэнкэмэҕэ, «ҮҮТЭЭН» сиригэр саҥа технология уонна айылҕа тыына ситимнэстилэр.  «Айыы 1.0» — сайдыы саҥа саҕаҕа! 🚀 «АЙЫЫ 1.0» — САХА ТЫЛЫН саҥа үйэҕэ таһаарар сүрүн хардыы!

Open in Telegram
Views764−18%vs avg
Forwards—
Reactions2
Comments—
#24957Video
Views810−13%vs avg
Forwards—
Reactions9
Comments—
#24956Video

АРТЕМ КИРЕНСКЭЙ – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр көмүс, тимир, мас ууһа, икки тыллаах хомуһу айан, оҥорон таһаарар норуот маастара. Ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕалаан уус идэтинэн дьарыгырар – хомуһу таһынан саха быһаҕын охсор, үрүҥ көмүстэн киэргэллэри оҥорор, маһынан уһанар. ​Артем Алексеевиһы Аан дойду үрдүнэн ураты оҥоһуулаах, икки тыллаах хомуһу (“Үргэл”) бастакынан айбыт киһи диэтэхпинэ сыыспаппын. Интэриэһинэйэ – бу хомуска икки илиигинэн тэҥинэн оонньуугун. Ону куйаар ситиминэн этно-муусукаан Олена Уутай оонньуурун көрөн сүрдээҕин сөхпүтүм, киэн туттубутум. ​“Баҕа санаам – икки тыллаах хомуһу Саха сиригэр элбэтии, тарҕатыы буолар. Быһайын Кэбээйи улууһугар буолан ааспыт Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматыгар Хомус оҥоһуутун күрэх быһыытынан киллэрбиппит. Онно 9 хомус ууһа кыттыыны ылбыта. Кинилэргэ икки тыллаах ааптарыскай хомуспун оҥорон тарҕаталларыгар көҥүл биэрбитим. Инникитин “Киренскэй хомуһа” диэн ааттанан тэнийэригэр баҕарабын” диэн баҕа санаатын үллэһиннэ. ​Кинилиин кэпсэтиини хаһыат сэтинньи 26 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

Open in Telegram
Views922−1%vs avg
Forwards—
Reactions10
Comments—
#24955Text

Forwarded from «КИИН КУОРАТ» таһаарыы

#КиинКуорат ❗Суоппар бырааптаахтарга биир долгуйуу эбиллэр.❗ ✅Амма улууһугар уон суоппар быраабын тохтоппуттар. Онуоха кинилэр суоппар быраабын биэрии көҥүллэммэт ыарыыларын кэрискэтигэр киирсэр ыарыы диспансернай учуотугар тураллара төрүөт буолбут.🥹 ❗Быраабы тохтотуу матыыба – бэйэлэрин уонна суолунан айаннааччылар олохторугар, доруобуйаларыгар куттал суоһаабатын хааччыйыы. Урукку өттүгэр суоппар быраабын бэрэбиэркэлииргэ суоппар пациент быһыытынан, балыыһаҕа туруортарбыт диагноһыгар болҕомто ууруллубатын тэҥэ этэ. Психиатрга көрдөрүнэн, ыспыраапкалаах буоллуҥ да, бэрэбиэркэни холкутук ааһыахха сөбө. Ону баара, тимир көлөнү ыытар көҥүл бэриллибэтигэр төрүөт буолар, анал, бырабыыталыстыбанан бигэргэммит ыарыы көрүҥнэрэ диэн бааллар. Ити саҥа киллэрии быйылгыттан олоххо киирдэ. Онуоха гражданин медицинскэй каартатын ГИБДД быһаччы билсэр кыахтанар буолара эрдэ этиллэн турар. Онуоха ханнык ыарыылар быраап тохтууругар, бэриллибэтигэр төрүөт буолалларын сиһилии👉 https://kiinkuorat.ru/articles/amma-uluu-un-uon-suopparygar-massyyna-yytar-byraaptaryn-tohtottular

Open in Telegram
Views1,090+18%vs avg
Forwards—
Reactions2
Comments—
#24951Video
Views1,150+24%vs avg
Forwards—
Reactions12
Comments—
#24950Video
Views1,300+40%vs avg
Forwards—
Reactions11
Comments—
#24947Text

🔥ДАПСЫ БООТУР Саха эр киһитин номоҕон көрүҥүн, Сытыары-сымнаҕас эйэлээх майгытын Айылҕа анаабыт курдук ээ, кырдьыга, Өй-билии мааныта киһиэхэ - Дапсыга. Ол эрэн кыһалҕа бөҕөтө кыһайан, Томторук иһигэр тыынара бохсуллан Ийэ тыл көмүскэл көрдөһөр кэмигэр Бу Дапсы турунар, хахайдыы хааннанан. Баһылык да буоллун, суруксут да буоллун, Төрөппүт, үлэһит, одьунаас да буоллун Дапсыттан сэрэнэн уҥуохтуун намтыыллар, Ийэ тыл иннигэо иэстэрин өйдүүллэр. Бар дьоно киниэхэ иринньэх ийэ тыл Эмчитэ диэн ааттаан тапталын эппитэ, Биһирэм тылыгар төлкөлөөх төрүт тыл Түсчүтэ буоллуҥ диэн махталын тиэрпитэ. Дапсыттан кэмчи да хайҕалы истибит - Үйэлээх сааһыгар сүппэти бу туппут. Киниттэн кыым саҕан сүрэҕин умаппыт - Омугун тускутун уһана туруммут. Сахабыт олоҕор эгэлгэ кэм ааста. Дапсыбыт - Боотурбут тоҕус уон саастанна. Билигин даҕаны кытаанах мүһүлгэ Тургутар долгуна күүтүллэр, кэлэрэ. Ийэ тыл иэҕэйбэт дурдата-хаххата, Буурҕа, тыал хотуппат дорҕоонноох дапсыта - Данкону саната Дапсыбыт - инники, Хараҕын уоттара сырдатар кэскили. САЙА 06.11.26

Open in Telegram
Views1,190+28%vs avg
Forwards—
Reactions11
Comments—
#24945Video

Сэтинньи 4 күнүгэр Дьокуускай куорат Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэҕэ (дир.С.В.Максимова) "Ночь искусств - 2026" Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа 14-с төгүлүн «В единстве культур - сила народа» девиһинэн ыытылынна. Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура сылынан ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа муһунна. Бу күн муусукааннар, худуоһунньуктар, норуот маастардара о.д.а. идэлээхтэр, араас көлүөнэ дьон биир түһүлгэҕэ муһуннулар. Саха сирин рок-муусуканы сөбүлээн истээччилэрэ аатырбыт "Чолбон" рок-бөлөх гитариһа уонна вокалиһа Григорий Ильинныын уонна "Чолбон" документальнай киинэ режиссера Кыйаара Юмшанованы кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр. Кэпсэтии сүрүннээн киинэ тула ыытылынна, маны тэҥэ интэриэһиргиир ыйытыктарыгар эппиэттэри ыллылар. Манна даҕатан эттэххэ, сэтинньи 7 күнүгэр күнүс 16-00 чаастан «Лена» киинэ тыйаатырыгар «Чолбон» киинэ көстүөҕэ. Киириитэ - босхо.

Open in Telegram
Views1,250+35%vs avg
Forwards—
Reactions7
Comments—
#24937Photo

Forwarded from Nina G

Испэктээккэ Г. И. Чиряев олоҕун сүрүн кэрдиистэрэ, саамай суолталаах олуктара көрдөрүллэр: Хаабыыс уол оҕо сааһыттан, хорсун саллаат быһыытынан дойдутун өстөөхтөн көмүскээбитэ, салайааччы быһыытынан үүнүүтэ. А.Н. Косыгинна көмүс хостуур бырамыылыннаска туруорсуута, бырамыысаланнас сайдыытыгар үлэтэ, үөрэх миниистирэ Н.И. Шаринныын саха тылын көмүскээбиттэрэ, студеннар айдааннарын аһара "бэлиитикэлээhини" уоскуппута - барытыгар кини көмүскүү сатыыр сыһыана көстөр. Ааспыкка биир биэриигэ нуучча суруйааччыта Прилепин "Аҕа дойду сэриитигэр дойдуларын бу эдэркээн ыччаттар, сэбиэскэй оскуола иитиллээччилэрэ көмүскээбиттэрэ, сэриини кинилэр кыайбыттара", - диэн эппиттээх. Ол көлүөнэ биир бастыҥ бэрэстэбиитэлэ -- бу Гаврил Иосифович буолар. Хомойуох иһин, сэбиэскэй-партийнай элиитэҕэ кини курдук уоттаах сэриини ааспыт дьон аҕыйаан, онтон сүтэн, партийнай үлэҕэ бюрократ, карьерист дьон элбээн элиитэ сытыйбыта, дойдубут ыhыллыбыта... Бу курдук салайааччылар олорбуттара буоллар манныкка тиийиэ этибит дуо?

Open in Telegram
Views1,430+54%vs avg
Forwards—
Reactions7
Comments—