Сэтинньи 21 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ киэн туттар биир дойдулаахпыт, Саха сирин норуоттарын 2-с спортивнай оонньууларын үрүҥ көмүс призера, республиканскай мас тардыһыы чемпионаттарын хас да төгүллээх кыайыылааҕа, Саха сирин норуоттарын 3 спортивнай оонньууларын абсолютнай чемпиона, Сахатын сирин бүтүн Арассыыйаҕа ааттаппыт, мас тардыһыыга СӨ успуордун маастара Александр КУЗНЕЦОВ сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс буолла.
Уопсайа 92 мадьыны уон икки араас улуустан кэллилэр, ол курдук Дьокуускай куораттан "Модун" успуорт комплекс хамаандата, Чурапчы, Горнай, Кэбээйи, Сунтаар, Бүлүү, Ньурба , Уус Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү хамаандалара күөн көрүстүлэр.
Ким бэлэмнээх, күүстээх уонна сымса - ол кыайда. Мас тардыһыы күрэһэ тыҥааһыннаахтык, чэгиэн-чэбдик тыыннаах уонна дьоһуннаахтык ааста!
Сайын Айталын✍🏻.