БҮГҮН (24.11.26) ЕГОР СТЕПАНОВИЧ СЕКОВ ТӨРӨӨБҮТ КҮНҮГЭР АНАТОЛИЙ ЧОМЧОЕВ ДОҔОРО СЕКОВ ТУҺУНАН ЫСТАТЫЙАТЫН ААҔЫҤ.
(Бу "Туругур" диэн Е.С.Секов туһунан кинигэҕэ киирбит ахтыыны эдэр историк Эрэл Саввинов тылбаастаата)
*Ельцин уурааҕын туһунан сурах*
Биирдэ Егор Секов Дьокуускайтан улахан сонуннаах кэллэ: "РФ Президенэ Борис Ельцин кистэлэҥ уураҕынан (ПНО) «Якуталмаз» оннугар «Алмазы России» диэн акционернай хампаанньа тэриллэр үһү диэн усках кэпсээн баар. Бу сонуну истэн баран, биһиги дьыала хаамыытын кэтииргэ быһаарынныбыт. Ол кэннэ олунньуга улуус баһылыктарын уонна уопсастыбаннаһы кытта экология боппуруостарыгар аналлаах мунньах тэрийэргэ кэпсэттибит.
Экологическай мунньах күүтүллүбүтүн курдук буолбута. Маныаха Бүлүү өрүс тардыытыгар сытар улуустар бары ыҥырыллыбыттара. Ол эрээри Бүлүү улууһун баһылыга Юрий Михайлов бэйэтин экологтарын кытта эрэ сирэй кэлбитэ. Сунтаар уонна Ньурба улуустарын баһылыктара бэйэлэрин солбуйааччыларын уонна экологтарын ыыппыттара. Кэбээйи баһылыга Савва Кобяков кими да ыыппатаҕа, Мирнэй баһылыга эмиэ кими да ыыппатаҕа. Алмаас холбоһугуттан (ПНО «Якуталмаз») уопсастыбаны кытта үлэни куратордыыр Анатолий Попову ыыппыттара.
Бу мунньахха Егор Секов саҥа көрүүнү олус сэрэнэн, табатык киллэрэн тыл эппитэ. Мунньах кыттыылаахтара Саха Республикатын Президенэ М.Е. Николаев аатыгар анаан Ыҥырыы суруйбуттара. Онно алмаас хостуур промышленность техногеннай ууну тоҕуу, ону тэҥэ Бүлүүтээҕи ГЭС уу мунньар сириттэн фенол тарҕанан, Бүлүү бассейынын балыктыыр хаһаайыстыбатыгар, сир айылҕатыгар, дьон-сэргэ уонна дьиэ кыылын доруобуйатыгар улахан хоромньуну аҕалбыта ыйыллыбыта.
Биллэн турар, маннык ис хоһоонноох сурукка мунньахха баар Бүлүү улууһун баһылыга Юрий Михайлов илии баттаабатаҕа. Атын улуустар баһылыктара бэйэлэрэ суох буоланнар, Президент аатыгар суруллубут Ыҥырыыга уопсастыбаннас аатытан мин эрэ улуус баһылыгын быһыытынан илии баттаабытым. Бу Ыҥырыы кытаанах сэрэтиинэн түмүктэнэрэ: өскөтүн республика салалтатын өттүттэн Бүлүү өрүс тардыытын экологиятын тупсарарга суһал миэрэлэр ылыллыбат буоллахтарына, олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн экологическай этэрээттэри тэрийэргэ күһэллиэхтэрэ.
Бу тэрээһини ыытарга былаас өттүттэн утарылаһыы баарын өйдүүр этибит. Ол гынан баран мин көхсүм кэннигэр эрэллээх көмөлөһөөччүм, араҥаччылааччым — тостубат эрчимнээх, норуот талбыт күүстээх киһитэ Егор Секов баар этэ.
Кини бу Ыҥырыыны тус бэйэтинэн аадырыстаах киһитигэр, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ президенэ М. Е. Николаевка туттарбыта. Бу М. Е. Николаев аптарытыатыгар «биһиги бастакы охсуубут» этэ (кини өйдөбүлүнэн). Оттон биһиги өйдөбүлбүтүнэн (Егор биһикки), бу өрөспүүбүлүкэ президенэ бэйэтин сиригэр-уотугар экология кыһалҕаларын быһаарарыгар уопсастыбаннас өттүттэн улахан көмө буолара.
*Мирнэйгэ буолбут мунньах*
Кулун тутар 20-с күннэригэр миэхэ кабинеппар Егор Степанович киирэн кэлбитэ уонна сарсын Мирнэй куоракка «Алмазы России» хампаанньа тэрийэр мунньаҕа буоларын эппитэ. «Сөп», – диэн мин киниэхэ хоруйдаабытым. – Мирнэйгэ бар уонна республика Үрдүкү Сэбиэтин депутатын быһыытынан тэрийэр мунньахха кытын. Бары этиилэри, биири да көтүппэккэ, өйдөммөт да түгэннэри кытта сиһилии сурунан ыл."
Кулун тутар 24 күнүгэр Егор Степанович Мирнэйтэн кэлбитэ тэтэрээттээх. Онно тэрийэр мунньах хайдах барытын суруйбут. ааспытын. Мунньахха саалаттан таһаара сатаабыттара диэн кэпсээбитэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин кистэлэҥ уураҕа диэн сабына сатаабыттара. Егору илиилэрин кэдэрги тутан, тахсар ааҥҥа соһо сатаабыттар. Ол гынан баран кини бэриммэтэх уонна эппит: норуодунай дьокутаакка илиинэн киирии холуобунай дьыала буолуон сөп! Ол эрэ кэнниттэн кинини ыыппыттар.
Мирнэйдээҕи мунньах ис хоһооно маннык эбит. РФ Бэрэсидьиэнин 1992 сыл тохсунньу 19 күнүнээҕи №158С (С- секретно) "Об образовании акционерной компании "Алмазы России" ыйааҕар олоҕуран (ПНО) «Якуталмаһы» приватизациялыырга быһаарыммыттар. Экологическай охсуу ылбыт улуустарга тугу да көрөр санаалара суох эбит.
*Үөһээ Бүлүүгэ сүбэлэһии*
(Секов Мирнэйтэн кэлээтин кытта) тута мунньахтаабыппыт. Егор Степанович бэйэтэ туспа көрүүлээх уонна этиилэрдээх этэ. Бу сырыыга киэҥник турунарга былааннаммыппыт, «алмазная провинция» диэн саҥа өйдөбүлү киллэрбиппит.
Киэһэ үлэ кэнниттэн мин Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельциҥҥэ, Арассыыйа Федерациятын Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Р.И. Хасбулатовка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (Якутия) бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаевка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин (Якутия) Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ К.Е. Ивановка, «Якуталмаз» ПНО генеральнай дириэктэрэ Л.А. Сафоновка «Алмазы России» АК-ны «Алмазы России — Саха (Якутия)» диэн ааттыыр уонна «алмаастаах провинцияны» тэрийэр туһунан оройуоннар дьаһалталарын баһылыктарын Ыҥырыыларын тиэкиһигэр үлэлээбитим.
Олохтоох түмэл дириэктэрин, историческай наука хандьыдаата Никита Деевич Архиповы Ыҥырыы тиэкиһин эрэдээксийэлииригэр көрдөһөн ыҥыран ылбытым. Тиэкис түүн биир чааска эрэ бэлэм буолбута. Оройуон сибээскэ салаатын начаалынньыга Татьяна Спиридоновна Аммосованы ыҥыран, бу суругу тута телексинэн аадырыстаах дьонугар ыытарыгар көрдөспүтүм. Түүн икки чааска кини эрийэн, Ыҥырыы бары аадырыстарыгар тиэрдиллибитин уонна киниэхэ туппуттарын туоһулуур докумуоннар баалларын иһитиннэрбитэ.
*Киирсии Дьокуускайга салҕанар*
Нөҥүө күнүгэр миигин өрөспүүбүлүкэ вице-бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров Дьокуускайга ыҥырбыта. Сөмөлүөт рейсэ суох буолан кэмигэр көтөр кыаҕым суоҕа. Биир эрэ күн буолан баран тиийбитим.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр «алмаас генераллара» уонна биһиги Егор Сековтыын «алмаастаах провинцияҕа» киллэрэргэ быһаарыммыт сэттэ оройуоммут баһылыктара номнуо мустубут этилэр. Мунньаҕы вице-бэрэсидьиэн бэйэтэ ыыппыта. Бастакынан кини миигин истибитэ. Онуоха Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин кистэлэҥ Ыйааҕын туһунан хантан билбиппин уонна онно сигэнэн тоҕо Ыҥырыы суруйбуппун ыйыппыта. Онуоха мин ыраас кырдьыгынан, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕын атын ким да буолбакка, убаастабыллаах норуот депутата Егор Секов кистэлэҥиттэн таһаарбыта диэн эппиэттээбитим. Уонна Ыҥырыы ирдэбиллэрин ис хоһоонун тиэрдибитим.
Онтон Штыров хас биирдии баһылыгы тус-туспа туруоран, кини бу Ыҥырыыны өйүүр дуу, суох дуу диэн ыйыталаһан барбыта. Бары баһылыктар аккаастаммыттара уонна М.Е. Николаевы өйүүллэрин эппиттэрэ. Анаабыр оройуонун баһылыга Николай Егорович Андросов оннугар мунньахха оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Уаров кыттыбыта. Кини эрэ соҕотоҕун биһиги Ыҥырыыбытын өйөөбүтэ. В. Штыров манна туох да кэпсэтии тахсыбатын өйдөөн баран: «Оройуоннар баһылыктара Эһиги Ыҥырыыгытын өйөөбөттөр, оттон Эһиги кинилэр ааттарыттан саҥараҕыт» диэбитэ
Мин онно эппиэттээн, өссө олунньуга баһылыктар солбуйааччылара уонна общественнай экологтар эппиэтэ суох хаалбыт бастакы Ыҥырыыга илии баттаабыттарын санаппытым. Өскөтүн билигин да миэрэ ылыллыбатаҕына, бастакы Ыҥырыыга суруллубутун курдук, охсуһуу атын күүстээх ньымаларын көрдүүргэ күһэллиэхпит диэбитим. Бу Бүлүү өрүс тардыытыгар олорор норуот уонна норуот депутата Егор Секов ирдэбилэ буолар диэн эппитим.
Валерий Рудаков салалталаах алмаас үлэһиттэрэ сүбэлэһэргэ бириэмэ ылбыттара. Кинилэр суукканы быһа сүбэлэспиттэрэ. Нөҥүө күнүгэр эбиэт кэнниттэн эрэ биһигини кытта кэпсэтиини саҕалыырга бэлэм буолбуттара. Дуогабар бастакы барыллара баар буолбуттара.
Ону кытта тэҥҥэ Москубаҕа РФ баайын-дуолун салайар судаарыстыбаннай кэмитиэтин (Госкомимущество) бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта П.П. Мостовой салалталаах оробуочай бөлөх үлэлээбитэ. Оччолорго Кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн А.Б. Чубайс, оттон РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччунан Е.Т. Гайдар олороллоро. Онтон сөбүлэһиллибит барыллар кэлбиттэрэ. Биһиги Дьокуускайга муус устар 6 күнүгэр диэри итинник үлэлээбиппит.
*Түмүк*
Түмүгэр баар буолбуттара:
— 1992 сыл муус устар 3 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Алмазы России» АК тэрийээччилэрин (учредителлэрин) мунньаҕын боротокуоллара уонна тэрийэр докумуоннарын барыллара (РФ баайын-дуолун салайар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ; СӨ бырабыыталыстыбата);