Бүлүү улууһугар доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадалара саҕаланна
Бүлүү улууһунааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениетын салайааччы Алина Каратаева:
- Бүлүү улууһугар, үтүө үгэс быһыытынан, сэтинньи 20 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри доруобуйаларынан хааччахтаах улахан дьон уонна оҕолор декадалара тэриллэр. Декада сэтинньи 20 күнүттэн Дьиэ кэргэн МФЦ-гар социальнай көмүскэл управлениетын, Социальнай пуонда сулууспатын, МСЭК үлэһиттэрэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьону кытта көрсүһүүлэриттэн, консультациялары биэриилэриттэн саҕаламмыта.
Декада кэмигэр улуус социальнай хайысхалаах, култуура уонна спорт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, эмчиттэр, психологтар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах араас кэриҥнээх тэрээһиннэргэ кыттыахтара, сүбэ-ама биэриэхтэрэ, доруобуйаларын көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ, күрэхтэһиилэр, көрсүһүүлэр, тематическай экскурсиялар тэриллиэхтэрэ.
Декаданы тэрийэн ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйбутун бэлиэтиэм этэ. Бүлүү куоратыгар, нэһилиэктэргэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ дьон көхтөөхтүк кыттар. Бу нэдиэлэҕэ социальнай көмүскэл управлениета Чинэкэҕэ тахсан көрсүһүү тэрийиэхпит, дьон санаатын истиэхпит, сокуоннарга уларыйыылары, бырааптарын билиһиннэриэхпит.
Тыа сиригэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьону кытта көрсүһүүлэри тэрийиэхпит.
Декада кэмигэр сүрүн болҕомто доруобуйаларынан хааччахтаах улахан дьон уонна оҕолор кыһалҕаларын быһаарыыга, сокуонунан көрүллэр бырааптарын хааччыйыыга ууруллар.
@oloxsuola
@ulusmedia