Кабинет
СП «Чурапчинский наслег»

СП «Чурапчинский наслег»

Официальный канал администрации СП «Чурапчинский наслег»

Юзернейм
@municipalformationchurapcha
Категория
Новости и СМИ
Страна
РоссияРоссия
Подписчики1 239
Просмотров на пост, 7 дн.107−7,4% к пред. 7 дн.
ERR8,67 %за 7 дней

Средние просмотры поста по дням

По дню публикации

Показать таблицей
ДатаПросмотров на пост
21 нояб. 2026 г.116
23 нояб. 2026 г.94
24 нояб. 2026 г.118
25 нояб. 2026 г.138
27 нояб. 2026 г.60

Самые просматриваемые за месяц

  1. 01
    Просмотры278
    Пересылки—
    Реакции—
    Комментарии—
  2. 02

    Сэтинньи 24 күнүгэр "Чурапчы нэһилиэгэ" тыа сирин түөлбэтин аактабай саалатыгар госпитальга сытар анал байыаннай дьайыы байыастарыгар гуманитарнай көмөнү хомуйан бэлэмнээһиҥҥэ субуотунньук буолла. Манна нэһилиэкпит олохтоохторо собо ыһаарылаан, отон, эт, барынньа хомуйан көмө оҥордулар. Ол курдук, "Телевышка" түөлбэ олохтооҕо Петр Захаров 5 куул собо, С.К.Макаров аатынан гимназия директора Юрий Слепцов, ТОС - тарбыт салайааччылара, активтара, "Санаа күүһэ" анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэргэттэрэ, төрөппүттэрин түмсүүтэ, нэһилиэк олохтоохтора күүс- көмө буоллулар. "Олук" маҕаһыын (Н.Н.Попов), "Сайдам" (Попова А.П.), "Эгэлгэ" ( Т.Н.Таныкова) маҕаһыыннар, урбаанньыт Н. Сатабылдыева вакуумунан, таранан хааччыйдылар. Бука бары туора турбатах дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. "Чурапчы нэһилиэгэ" ТСТ дьаһалтата. https://max.ru/id1430008469_gos/AaIOENg6ADQ

    Фото
    Просмотры125
    Пересылки—
    Реакции—
    Комментарии—
  3. 03
    Просмотры116
    Пересылки—
    Реакции—
    Комментарии—
  4. 04
    Просмотры116
    Пересылки—
    Реакции—
    Комментарии—

Новые посты

#12234Видео
Просмотры60−45%к среднему
Пересылки—
Реакции1
Комментарии—
Динамика просмотровСкрыть динамику

Рост просмотров

Часов после публикации

Показать таблицей
Часов после публикацииПросмотры
0 ч0
13 ч37
29 ч60
  1. Через 24 часа60
  2. Всего сейчас60
#12233Текст

Переслано из ЧУРАПЧА Live

#култуурасыла #суруйаллар 🌟🌟🌟🌟🌟 Платон Алексеевич Ойуунускай суруйбут "Улуу Кудаҥса" драматынан испиктээкили көрүөхпүн баҕарбытым ыраатан дьэ көрөр күнүм тосхойдо. ✨✨✨✨✨ Улуу Кудаҥса модун санаалаах, өйдөөх, бардам майгылаах киһи былыргы олох мындаатыгар төрөөн-үөскээн ааспыт эбит. ✨✨✨✨✨ Былыр өбүгэлэрбит, тус-туспа ууһунан олохсуйаннар, сүөһүнү, сылгыны иитэн-тэнитэн олордохторо. ✨✨✨✨✨ Улуу Кудаҥса "Майы Баалы" диэн ааттаах күөл үрдүгэр төрөөбүт. 🌟🌟🌟🌟🌟 Кудаҥса ийэтин ууһугар олус күүстээхтэр, ыһыах ыстахха кинилэр мэлдьи кыайаллар хотоллор эбит. "Одун Хаантан оҥоһуллубут, Дьылҕа Тойонтон ыйыллыбыт, Чыҥыс Хаантан анаммыт бу мин Улуу Кудаҥса эбит буоллаҕым" диир эбит. ✨✨✨✨✨ Биир сыл мас хайыта барар тымныыта түһэр. Харахтаах көрбөтөх, кулгаахтаах истибэтэх улуу тымныыта түһэр. Көлүйэ күөл муустара дэлбэритэ тоҥоллор. Сыһыыга сылдьар сылгылар, тэлгэһэҕэ турар сүөһүлэр хоройбутунан тоҥор күннэрэ үүнэллэр. ✨✨✨✨✨ Икки атахтаах дьиэттэн тахсыбат буолар. Ону көрөн Улуу Кудаҥса түүнүн кыайан утуйбат, күнүһүн кыайан олорбот буолар. Дьонун хайдах быыһыырын, абырыырын билбэккэ олорор. Аарыма кырдьаҕастара бука бары этэллэр: "Аҕа баһылыкпыат, улуу тойоммуот! Бу чолбон олус улааппытыттан, киэбиттэн тахсыбытыттан бу айылаах тымныы буолла" дииллэр. ✨✨✨✨✨ Улуу Кудаҥса маны истээт, дьэ эбии уордайар. "Эн абыраабатаххына, ким биһигини абырыай!" диэн тула өттүттэн этэн бараллар. Улуу Кудаҥса өйүн-төйүн күүрдэ сатаан баран сарсыарда сорук боллур уолаттарын ыҥыран Чачыгыр Таас ойууну булан аҕалтарар, эһэ тэллэхтэ, бөрө суорҕанна илдьэ баран суулаан аҕалын" диир. Чачыгыр Таас ойуун кэлбитин кэннэ "Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх, Эн бу Чачыгыр Таас ойуун диэн орто туруу дойдуга үөскүү илик ойуун буоллаҕыҥ, онон икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх илэ бэйэтинэн, сыгынньах илиитинэн кыайбатаҕын эн кыайыах тустааххын" диир. ✨✨✨✨✨ "Бу чолбон ордук улааппытыттан аан алдьархай буолла. Бу уоттаах улуу тымныы түһэн айыы аймаҕа биир кыһыннаах дьон буолаары гынныбыт" диир. "Кэхтибэт кэскиллэнэн, самныбат саргыланан үс Саха үөскүөх этэ, түөрт Саха төрүөх этэ… Дьэ, кырдьаҕас! Онон кыһанан көр" диэн көрдөһөр. ✨✨✨✨✨ Барык-сарык буолуутугар Чачыгыр Таас ойуун өйүн-төйүн булунан: "Түннүктэргитин сабыҥ, үөлэскитин бүөлээҥ! Киириини-тахсыыны ууратыҥ, илин өттүбүн быһа хаамаайаҕыт, айанныыр аартыкпын туора кэһэн бараайаҕыт" диэн сэрэтэр. ✨✨✨✨✨ Чачыгыр Таас ойуун илгиһиннэҕин аайы хааһыттан, аһыттан, дүҥүрүттэн, былаайаҕыттан, кыаһааныттан, бытырыыһыттан дьиэ иһигэр илэ чахчы кырыа хаар сабыта ыһыахтыы турар. Бүтээтин кытта дьон ойон тахсан, чолбону көрүү буолаллар. Ол көрдөхтөрүнэ уоттаах чолбон үс гыммыттан иккитэ үлтү сынньыллан, туспа Үргэл сулус буолан турар эбит. Онтон ыла үргэллээх чолбон аалсыстахтарына, улахан тымныы буолар буолбут эбит. ✨✨✨✨✨ Улуу Кудаҥса чолбону үлтү сыстарбытыттан ыла, улуу тымныы муоһа тостон, yoҕa кыччаан, cүөhү, сылгы өлүүтэ тохтообут, ытаһыы-coҥohyy ааһан барар. Yөpүү-көтүү бөҕө улаатар, дьон номоҕо буолар: "Бу Улуу Кудаҥса баар эбит дьиҥ Одун Хаантан оҥоһуллубут, Чыҥыс Хаантан ыйыллыбыт, Дьылҕа Тойонтон анаммыт орто туруу дойдуга анаммыт" диэн. ✨✨✨✨✨ "Yc caxa өлөр, охтор анала суох эбит. Урааҥхай саханы өрүһүйдэҕинэ өрүһүйүөх, абыраатаҕына абырыах арай Улуу Кудаҥса баар эбит" диэн бар дьон бука барылара олус таптыыр, олус ытыгылыыр буолбут эбиттэр. ✨✨✨✨✨ Дьэ Улуу Кудаҥса аҥардастыы аатыран барар, тэҥнээҕэ ким да суоҕун курдук көстөн өр өтөр буолаат алдьархай аанныыр. Тоҥуу, ытаһыы, өлүү элбиир. Үөһээ дойду абааһыларын кытта аймахтаһаары соҕотох кыыһын Орулуос Дохсун абааһыга эргэ биэрэн кыыһа өлөр, бэйэтэ хараастан, төбөтүттэн тахсан, тамаҕа хатан, куолайа кууран, киһи барахсан кырдьан, дьадайан кэхтэр. ✨✨✨✨✨ Улуу Кудаҥсаны эдэрин оонньоото Владимир Михалев, орто сааһын Дмитрий Бодох, кырдьар сааһын Дмитрий Хоютанов. Биир дойдулаахтарбыт бу спектакльга оонньообуттарыттан олус киэн тутуннум, ол курдук Дмитрий Хоютанов- Улуу Кудаҥса, Айыы Куо- Наталья Корякина, Кутурҕан Куо- Анастасия Алексеева, Орулуос Дохсун- Саарын.

Открыть в Telegram
Просмотры61−44%к среднему
Пересылки—
Реакции—
Комментарии—
Динамика просмотровСкрыть динамику

Рост просмотров

Часов после публикации

Показать таблицей
Часов после публикацииПросмотры
0 ч0
15 ч39
31 ч61
  1. Через 24 часа61
  2. Всего сейчас61
#12232Фото
Просмотры67−38%к среднему
Пересылки—
Реакции2
Комментарии—
#12231Видео
Просмотры278+157%к среднему
Пересылки—
Реакции—
Комментарии—
#12226Фото

Переслано из СТЕПАН САРГЫДАЕВ

Принял участие в первом Международном муниципальном форуме. Это масштабная и уникальная площадка, которая объединила представителей местного самоуправления 46 разных стран. Главная цель - открытый диалог и обмен опытом, обсуждения актуальных задач и поиска решений в сфере управления и развития территорий. Такие масштабные международные связи позволяют по-новому взглянуть на решение локальных задач. Глава Якутии, сопрезидент Всемирной организации «Объединённые города и местные власти» Айсен Николаев в своем выступлении подчеркнул, что российские муниципалитеты и регионы должны увереннее представлять свой опыт в мире, так как прямые связи между муниципалитетами помогают сохранять доверие и развивать полезные людям проекты даже в сложной политической обстановке. Уверен, успешные практики зарубежных коллег и достигнутые договорённости помогут нам в дальнейшей работе. Благодарю организаторов, Администрацию Президента РФ и ВАРМСУ.

Открыть в Telegram
Просмотры68−37%к среднему
Пересылки—
Реакции—
Комментарии—
#12223Фото

Сэтинньи 24 күнүгэр "Чурапчы нэһилиэгэ" тыа сирин түөлбэтин аактабай саалатыгар госпитальга сытар анал байыаннай дьайыы байыастарыгар гуманитарнай көмөнү хомуйан бэлэмнээһиҥҥэ субуотунньук буолла. Манна нэһилиэкпит олохтоохторо собо ыһаарылаан, отон, эт, барынньа хомуйан көмө оҥордулар. Ол курдук, "Телевышка" түөлбэ олохтооҕо Петр Захаров 5 куул собо, С.К.Макаров аатынан гимназия директора Юрий Слепцов, ТОС - тарбыт салайааччылара, активтара, "Санаа күүһэ" анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэргэттэрэ, төрөппүттэрин түмсүүтэ, нэһилиэк олохтоохтора күүс- көмө буоллулар. "Олук" маҕаһыын (Н.Н.Попов), "Сайдам" (Попова А.П.), "Эгэлгэ" ( Т.Н.Таныкова) маҕаһыыннар, урбаанньыт Н. Сатабылдыева вакуумунан, таранан хааччыйдылар. Бука бары туора турбатах дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. "Чурапчы нэһилиэгэ" ТСТ дьаһалтата. https://max.ru/id1430008469_gos/AaIOENg6ADQ

Открыть в Telegram
Просмотры125+16%к среднему
Пересылки—
Реакции—
Комментарии—
#12222Фото
Просмотры112+4%к среднему
Пересылки—
Реакции—
Комментарии—
#12221Фото
Просмотры103−5%к среднему
Пересылки—
Реакции—
Комментарии—
#12220Фото
Просмотры84−22%к среднему
Пересылки—
Реакции—
Комментарии—

Все посты

Связи